Киин амфитеатр көрдөрүүгэ сабыылаах буолуоҕа, ити газон бөҕөргүүрүн кытта сибээстээх.
«Үлэ түмүктэнэн эрэр. 12 сэргэ бэлэм, хас биирдиилэригэр туспа сценарийдаах. Бу кыһын киин амфитеатр сабыылаах туруоҕа, газон балаҕан ыйыгар ууруллубута, онон бөҕөргүөн наада. Дьон өйдүө дии саныыбын, онон сабыытын нөҥүө киирэн, газону тэпсибэттэригэр эрэллээхпин. Кэлэр саастан болуоссаты көҕөрдүүнү ыытыахпыт», — диэтэ Любовь Папок.
Билигин дьон олорор ыскаамыйаларын туруораллар, билиитэ таҥыытын түмүктүүллэр.
«Үлэ 99%бүттэ. Билигин ситэрии үлэтэ барар. 70 исписэлиис үлэлиир. Сотору кэминэн фонтан хайдах үлэлиирин дьоҥҥо көрдөрүөхпүт. Фонтан сылааска эрэ үлэлиир», — диэтэ бэдэрээччит Анатолий Алексеев.
Фонтан уоттаах уонна музыка доҕуһуоллаах. Биир композиция музыка үрдүкү оскуолатын преподавателэ Николай Михеев айымньыта буолар.
«Саха сирин филармониятыгар анаан айбыт музыкам фонтан композициятыгар киирбитин үөрэбин. «Ыра санаа» диэн ааттаах, түөрт мүнүүтэ уһуннаах. Филармония Россияҕа уонна тас дойдуга туруорар кэнсиэртэригэр тыаһыыр», — диэтэ Николай Михеев.
Фонтаны холбооһуну манна көрүҥ.