Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамнаабат баай-дуол агентствотын (РАН) салайааччыта Сардаана Иванова олорор дьиэ ырыынагын ырытарынан, Дьокуускайга саҥа тутуллар дьиэҕэ кыбартыыра квадратнай миэтэрэтигэр сыана 2014-2015 сылларга муҥутуурдук үрдүү сылдьыбыт, сорох биирдиилээн тутуу тэрилтэлэрэ 120 тыһ. солкуобайга диэри таһаарбыттар, онно тэҥнээтэххэ, билигин сыана ортотунан 22 бырыһыан түһэн турар.
“Дьиҥэр, тутааччылар сыананы хара ааныттан туох да экономическай төрүтэ суох үрдэтэн кэбиспиттэрин түмүгэр, квадратнай миэтэрэ сыаната билигин төһө даҕаны 55 тыһ. солкуобайга диэри түстэр, нэһилиэнньэ үгүс араҥата ыарахан диир, — диэн этэр күн аайы кыһалҕалаах дьоннуун алтыһар Сардаана Иванова. – Дьон дохуота олус кыра буолан, атыыга сүрүннээн 1-2 хостоох кыбартыыра барар. Мантан инньэ хайдах буолуон билгэлииргэ уустук. Ким үлэлээх, бигэ дохуоттаах – ол атыылаһыаҕа”.
“Утум +” хампаанньалар бөлөхтөрүн генеральнай дириэктэрэ Георгий Карамзин эмиэ дьон үксэ атыылаһар кыамтата кыра буолан, саҥа тутууттан 1 хостооҕу ордук-хото ыларын билинэр. “Стройкон” ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Иван Полушкин: “Сыананы тутааччылар бэйэбит олохтуубут гынан баран, ырыынактан улахан тутулуктаах. Тутааччыга уонна кыбартыыра атыылаһааччыга икки өттүттэн баттыгаһа суох, сөптөөх орто сыананы тута сатыыбыт”, — диир.
Архитектура уонна тутуу комплексын миниистирин бастакы солбуйааччы Павел Аргунов “Черов уонна К” тутуу хампаанньатын 3 дьиэтэ билиҥҥэ диэри ситэриллибэккэ турарын, тэрилтэ бэйэтэ үп-харчы кириисиһигэр ылларбытын холобурдаан туран, сорох тутуу тэрилтэлэрэ сыыһа былааннаан, чэпчэкитик атыылаан кэбиһэн эстэр суолга үктэнэллэрин этэр. Павел Анатольевич сабаҕалыырынан, эһиил сайыҥҥыттан тутааччыга ирдэбили күүһүрдэр саҥа сокуон олоххо киирдэҕинэ, дьиэ сыаната өрө барыан сөп.
Хамнас улааттаҕына, ас-таҥас сыаната тута сырыһыннаран ыарыыр идэлээх. Дьиэ сыаната даҕаны онтон хаалсыбата буолуо диэҕи, олорор дьиэ ырыынага бэйэтэ туспа айылгылаах. Былырыыҥҥы туһааннаах кэми кытта тэҥнээтэххэ, быйыл алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, дойду үрдүнэн ипотека кирэдьиитин биэрии 15 бырыһыан элбээбит. Онуоха бааннар эрдэ ылыллыбыт кирэдьииккэ рефинансирование оҥорор буолбуттара сабыдыаллаабыта чахчы. Олорор дьиэ ырыынагар онон хамсааһын тахсыбытын риэлтордар, тутааччылар бэлиэтииллэр. Инникитин өлүүлэһэн (долевой) тутуу тохтотулуннаҕына, бааннар кыра бырыһыаннаах ипотека кирэдьиитин кыбартыыра атыылаһааччыларга тутуллан бүппүт бэлэм дьиэҕэ эрэ биэрэр буолуохтара. Баан бырыһыанын ставкатын намтатыы уонна бүддьүөттэн үбүлэнэр хамнаһы үрдэтии түмүгэр атыылаһааччы элбээн, олорор дьиэ ырыынагар сыана өрө барыа суоҕа дуо? Тустаах салайааччылар, исписэлиистэр чопчу хоруйдууртан туттуналлар. Ону, этэргэ дылы, олохпут бэйэтэ көрдөрүө.