Саха сирин медиктара бэйэлэрин практикаларыттан интэриэһинэй түбэлтэлэри кэпсииллэр. Искэн ыарыытыгар уорбаланан балыыһаҕа эдэр кыыс киирэр.
Ити эрээри операция кэмигэр быһаарыллыбытынан, куртах искэнэ хомуох баттах буолар. Ол туһунан ЯСИА-ҕа РБ №2 — ЦЭМП медсиэстэрэ Надежда Лазарева кэпсиир.
18 саастаах кыыс балыыһаҕа суһаллык киирэр, аһыыр да, уу да иһэр кыаҕа суох буолан. Кини куртаҕыттан оҕо оонньуур эрэһиинэ мээчигэ кээмэйдээх баттах хомуогун хостууллар.
Киһи баттаҕын ыстыыр уонна ыйыстар дьайыытын Рапунцель синдрома диэн ааттыыллар. Бу стресстэн уонна уйулҕа кэһиллиититтэн көстөр быһыы.
Надежда Лазарева быһаарбытынан, билигин Дьокуускай медицина тэрилтэлэрэ үрдүк технологичнай тэриллэринэн хааччыллыбыттар. Рентген снимогар кыыс куртаҕар улахан бээтинэ баара булуллар, ол иһин искэн диэн быһаараллар.
«Мин балыыһаҕа 40 сыл үлэлиибин, бу түгэн ордук өйдөнөн хаалбыт. Операция этэҥҥэ ааспыта. Кэлин биллибитинэн, кыыс олох оҕо сааһыттан баттаҕын сиир идэлээх эбит», — диэтэ Надежда Лазарева.
This post was published on 12.01.2024 12:01 12:01