Дьокуускайга култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар өрөмүөн үлэ ыытыллар

Хаартыска: ЯСИа саайта

Дьокуускайга киин паарка сайыҥҥыга диэри өрөмүөҥҥэ сабыллыаҕа. Куорат маастар-былаанын чэрчитинэн эбийиэги тупсаран оҥоруу бастакы түһүмэҕэ ыытыллар.

Куорат дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, дьон хаамар сирэ, бордюрдар оҥоһуллаллар, көҕөрдүү ыытыллар уонна территорияны электричество уотунан сырдатыы үлэтэ барыахтаах. Сыбаайба аллеята, «Оһуохай» аллеята, «Маугли» аттракционтан хайыһар уларсар сиргэ диэри кэрчик сир, аттракционнар ардыларын былаһааккалара, киин аллея уонна дьон киирэр сирэ өрөмүөннэниэхтээхтэр.

Бэс ыйын 1 күнүгэр үлэ түмүктэниэхтээх.

This post was published on 22.04.2024 10:01 10:01