Дьокуускайга крокодил өлүгүн буллулар

Саха сирин киин куоратыгар өлбүт крокодилы буллулар. Сылаас дойду харамайа тоҥон өлбүт буолуон сөп, диэн сабаҕалыыллар.


Сылаас дойду сэдэх харамайа Дьокуускайга хайдах кэллэ? Билиҥҥитэ, крокодил туохтан өлбүтэ биллибэт.

Крокодил хаһаайына иитимньитин сатаан аһатар кыаҕа суоҕуттан таһырдьа хаалларбыт диэн сабаҕалыыллар. Соһуччу булумньу социальнай ситими толордо.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

This post was published on 03.12.2019 16:47 16:47