Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка дьаамсыктар сыаналаах таһаҕаһы тиэртилэр

Иркутскай-Саха сирин буостатын аартыгын 275 сылын туолла. Суруктаах, ыраахтааҕы депештаах уонна ыйаахтардаах дьааһыгы киин куорат Комсомольскай болуоссатыгар кавалькаданан аҕаллылар. Сыарҕаны былыргытын курдук, аттаах дьон –казактар арыаллаатылар.


Ый анараа өттүгэр буостаны тиэрдии саҕаламмыта.

СӨ судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бастакы вице-спикерэ, “Күн судаар дьаамсыктарын удьуордара” тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ Анатолий Добрянцев бу инниттэн Иркутскайга көппүтэ уонна буоста биэс ыстаансыйатыгар сылдьыбыта. Дьэ, уонна буоста Дьокуускайга айаннаан кэллэ. Анатолий Добрянцев маны бэйэтэ көрүстэ уонна ыарахан дьааһыгы дьаамсыктарга туттарда. Дьаамсыктар оруолларын А.С.Пушкин аатынан Нуучча академическай тыйаатырын артыыстара толордулар.

Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас оройуоннарын уонна Дьокуускай к. ансаамбыллара: ”Реченька” (Сиинэ), “Вечорка” (Үөдэй), “Сударушка” (Үөһээ Бэстээх), “Ямщицкий перезвон” (Покрвскай) уо.д.а. ырыа-тойук аргыстаах таҕыстылар.

Күн судаар дьаамсыктарын удьуордарыгар үрдүк ааттары уонна өйдөбүнньүк мэтээллэри туттаран, үөрүүнү-көтүүнү өссө үксэттилэр.

Бэстибээл бочуоттаах ыалдьыттарын ортотугар Иркутскай уобалас дэлэгээссийэтэ баар. Бөлөҕү Иркутскай уобалас Сокуону оҥорор Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кузьма Алдаров салайан кэллэ.

This post was published on 02.04.2018 16:47 16:47