Дьокуускайга коммерческайа суох тэрилтэлэр III-с форумнара үлэтин саҕалаата

Коммерческайа суох «Сила в действии» өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс форум Саха сирин киин куоратыгар 23 оройуонтан 500 кыттааччыны уонна атын регионнартан ыалдьыттары муста. Тэрээһиҥҥэ аһымал санаа, баҕа өттүнэн үлэ уонна кыаҕы, ресурсаны угуйуу боппуруостарын, ону таһынан куорат формальнайа суох эргимтэтин уонна дьону уопсастыбаннай үлэҕэ көҕүлээһини ырытыахтара.


Быйыл форумҥа биэс секция үлэтин саҕалаата. Манна коммерческайа суох тэрилтэлэр үп-харчы, быраап өттүнэн туруктарын, экономическай үлэ инникитин, дьоҕус куораттарга уонна нэһилиэктэргэ үлэ уратытын дьүүллэһиэхтэрэ. Итини таһынан уопсастыбаннай хонтуруолу олоххо киллэрии боппуруостарын көтөҕүөхтэрэ. Форумҥа Москва, Архангельскай, Владивосток, Новосибирскай уонна Красноярскай уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар.

Саха сиригэр кэлиҥҥи сылларга коммерческайа суох тэрилтэлэр ылар оруоллара биллэ үрдээтэ. Ол чэрчитинэн Сардаана Гурьева салайааччылаах гражданскай уопсастыбаны сайыннарыы министиэристибэтэ үөскэтиллибитэ. Ити туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы, «Күүс» уопсастыбаннай биир кэлим ассоциация хос бэрэссэдээтэлэ Юрий Куприянов эттэ.

«Гражданскай уопсастыба институтун сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ улахан суолталаах ситиһиилэннэ. Дьон көҕүлээһинин, саҥа саҕалааһынын уонна коммерческайа суох тэрилтэлэри кытта үлэлиир министиэристибэлээх арааһа, соҕотох регион буоларбыт буолуо. Саха сиригэр маннык тэрилтэлэр судаарыстыба былааһын уонна олохтоох салайыныы уорганнарын кытта баар кыһалҕалары туоратыыга хардарыта дьайсан үлэлииллэр», — диэтэ кини.

Вице-премьер Александр Соловьев эппитинэн, кэлиҥҥи 1,5 сылга коммерческайа суох тэрилтэлэр ахсааннара икки бүк эбиллэн 2 тыһыынчаҕа диэри тиийбит. Итинтэн 767 социальнай хайысханы тутуһаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ый аайы ортотунан биэс уопсастыбаннай холбоһук регистрацияланар. Быйыл социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэлэри өйүүргэ анаан судаарыстыба бюджетыгар 210 мөл.солк. көрүллүбүт. Регион уратытын учуоттуур сокуон барыла ылыллыбыт. Маннык тэрилтэлэри өйүүр сыаллаах-соруктаах сокуоҥҥа үлэ 12 хайысхата эбии киирбит. Итилэр судаарыстыбаттан өйөнөллөр. Быйыл аан бастакытын уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ юридическэй көмөнү оҥорор кииннэр үбүлэммиттэр.

«Кэлэр нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэлэри өйүүр муниципальнай бырагырааманы үбүлээһин бэрээдэгин бигэргэтиэҕэ. 2016 сылга үп-харчы көрүллэн турар», —диэтэ Александр Соловьев.

Форумҥа буолар кэпсэтии чаҕыхай уонна дириҥ ис хоһоонноох буолара күүтүллэр.

This post was published on 17.06.2016 15:17 15:17