Дьокуускайга "көмүс ардах" түстэ

Дьокуускай аэропордуттан кулун тутар 15 күнүгэр АН-12 сөмөлүөт көтөн өрө дайан истэҕинэ, мал тиэнэр чааһын сабыыта туллубут диэн аэропорт пресс-сулууспата биллэрдэ.


«Нимбус» авиа-хампаанньа АН-12 сөмөлүөтэ Дьокуускай -Красноярск — Рудник «Купол» маршрутунан көтөн иһэн тиэммит мала хамнаан, мал тиэйэр  чааһын тоҕо анньан кэбиспит.

Лүөччүктэр сөмөлүөтү тута төттөрү эргитэн, Маҕан аэропордугар этэҥҥэ түспүттэр. Сөмөлүөт көтүөн иннинэ бэрэбиэркэни барытын ааспыта, нэрээт картата толоруллубута», — диэн аэропорт пресс-сулууспата биллэрдэ. 

News.ykt сайт биллэрбитинэн, АН-12 9,3 туонна Чукотка «Купол»  хампаанньатын көмүһүн тиэйэн испит. Мал тиэйэр чааһын аана туллубутугар сорох көмүс сиргэ таммалаабыт.

Билигин алдьаныы биричиинэтин быһаара сылдьаллар.

This post was published on 16.03.2018 09:00 09:00