Дьокуускайга Марат болуоссатынан Күөх хонууга киириигэ видеокамера туруораллар. Маннык көҕүлээһини айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ куорат дьаһалтатын мунньаҕар оҥордо.
Ол туһунан «Эхо столицы» хаһыат суруйда. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Кирилл Алчин эппитинэн, камералар Күөх хонууга көҥүлэ суох бөҕү уонна хаары таһар дьону булар уонна эппиэтинэскэ тардар туһуттан туруоруллаллар.
Саас буолбутунан маннык боппуруос турара чаастатыйда.
Көҕүлээһини куорат баһылыга Евгений Григорьев өйөөтө, боротокуолга киирдэ.
This post was published on 26.03.2024 10:06 10:06