Оттук сезона балаҕан ыйын 1 күнүттэн Дьокуускайга саҕаланар. Бастакы ититиини доруобуйа харыстабылын уонна социальнай эйгэ эбийиэктэригэр биэриэхтэрэ. Олорор дьиэлэри ититиигэ бэлэм тэҥинэн саҕаланыа. Ол туһунан куорат мэра Евгений Григорьев «Россия 24» телеханаалга «Куораты кытта быһа кэпсэтии» биэрии эфиригэр иһитиннэрдэ.
«Сокуон быһыытынан, сылааһы биэрии тас салгын сылааһа 5 күн устата 8 кыраадыстан намыһах буолла эрэ саҕаланыахтаах. Ол эрээри, биһиги ону күүппэппит. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн социальнай тэрилтэлэргэ итиини биэрэргэ бэлэммит. Хочуолунайдары үлэҕэ киллэрдибит эрэ, олорор дьиэлэргэ сылааһы биэрэргэ бэлэм буолуохпут», — диэтэ Григорьев.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, Дьокуускайга барыта 2943 элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар. Дьиэлэр 95%-нарыгар ититии систиэмэтин ыраастаатылар, 70 % тан тахса дьиэлэр ититиигэ бэлэм буолуу паспордарын ыллылар.
This post was published on 29.08.2022 15:05 15:05