Дьокуускайга итирик туруктаах уруулга олоруу ахсаана аҕыйаата

Хаартыска: ЯСИА

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга суол быраабылатын кэһии таҕыста. Ол иһигэр 14 киһи уруулга итирик туруктаах олорон тутулунна. Бу ааспыт нэдиэлэтээҕи көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ аҕыйах.

Ааспыт нэдиэлэҕэ 36 киһи уруулга итирик туруктаах олорон тутуллубута. Ол туһунан куорат дьаһалтатын планеркатыгар эттилэр.

Маны сэргэ ааспыт нэдиэлэҕэ 57 суолга быһылаан буолла, ол иһигэр тоҕуһугар дьон эчэйиилээх, тоҕус киһи.

This post was published on 11.12.2023 10:01 10:01