Дьокуускайга итирик туруктаах суоппар уот остуолбатыгар кэтиллэн, араас эчэйиини ылан балыыһаҕа киирдэ. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.
Быһылаан от ыйын 30 күнүгэр күнүс Жатай уонна Тулагы икки ардыгар буолбут. «Лада 212140» мааркалаах массыына суоппара сатаан салайбакка суолтан туораан уот остуолбатыгар тиийэн түспүт. Саахал түмүгэр кини түөһүн эчэппит уонна ойоҕоһун уҥуохтарын тоһоппут.
Буолбут быһылаан тула административнай бэрэбиэркэ ыытыллар.
Саха сирэ