Дьокуускайга инбэлиит оҕолорго көмө харчы тириэрдилиннэ

Кулун тутар 31 күнүттэн Дьокуускай куоракка инбэлиит оҕолоох ыалларга 3-түү тыһыынча солкуобайы биэрэн саҕалаатылар. Бу куорат дьаһалтатын көҕүлээһинэ, биирдэ бэриллэр көмө.


Инбэлиит оҕолорго көмөҕө дьаһалта хаһаас (резервнэй) пуондатыттан 5,9 мөлүйүөн солкуобайы түҥэттилэр. Куораттааҕы социальнай көмүскэл управлениетыгар маннык көмөнү ылар кыахтаах 1993 оҕо испииһэккэ баар.

Бэнидиэнньиккэ үгүстэрэ көмөнү туттулар. Ол эрээри, 58 киһиэхэ ыытыллыбыт суума (уопсайа 174 тыһыынча солкуобай) төттөрү төннөн кэлбит – ити ылыахтаах киһи каартата, баан реквизиттэрэ уларыйбыттарыттан сылтаан.

Өссө уопсайа 45 тыһыынча солкуобайдаах сууманы ылыахтаах дьон дааннайдара чопчулана илик. Биирдэ бэриллэр көмө коронавируһунан сибээстээн, дьиэҕэ хаайтаран олоруу кэмигэр, ас-үөл, эмп-томп ыларга көмө быһыытынан бэриллэр.

© edersaas.ru сайтан: http://edersaas.ru/inbeliit-o-olorgo-k-m-harchyta-t-ste/

This post was published on 02.04.2020 11:06 11:06