Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Саха сиригэр ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн бэлиэтээтилэр. Бырааһынньык сылын аайы саха суругун-бичигин төрүттээбит Семен Новгородов төрөөбүт күнүгэр ыытыллар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, төрүт тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы салалта биир соруга буолар. «Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары харыстыырга анаммыт бырагыраама баар. Ол туолуутугар элбэх күүстээх докумуоннар ылылыннылар. Бастатан туран, сокуон барылларын икки тылынан көрөөһүн туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуона. Иккиһинэн, саха тылын терминологиятыгар хамыыһыйа тэрийээһинэ. Үсүһүнэн, бырагырааманы үбүлээһин. Ааспыт сылтан бу сыалга 100 мөл солк көрүллэр. Эрдэ көрүллүбүт үпкэ үөрэтэр матырыйааллары оҥорон оскуолаларга тарҕатар эрэ эбит буоллахпытына, билигин 55 бырайыак үлэлиир. Ол иһигэр тылбаастар, Саха сирин норуоттарын тылларыгар ойуулуктар», — диэтэ кини.
Сергей Местников тылы сайыннарыыга уонна харыстааһыҥҥа үлэлиир дьоҥҥо Ил Дархан бириэмийэлэрин туттарда.
This post was published on 14.02.2024 09:29 09:29