Дьокуускайга Маҕанныыр суолга ИДьМ профессиональнай бэлэмнэниигэ территориятыгар тирдээх спортивнай саала тутуутун бастакы сыбаайата түстэ. Эбийиэк 2023 сыл сэтинньитигэр үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
«Эбийиэк тутуутун боппуруоһа турбута ыраатта. Билигин үлэлиир киин 1982 сыллаахха тутуллубут байыаннай чаас хаһаарматыгар баар, сылы эргиччи үлэлиир тир суох. 2019 сыллаахха мин кииҥҥэ бара сылдьан, саҥа эбийиэк хайаан да наадатын быһаарбытым. Билигин 1700 кв. м иэннээх саала үлэҕэ киирдэҕинэ курсааннар, сотрудниктар сулууспа ааһар кэмнэригэр бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир усулуобуйаҕа бэлэмнэниини ааһыахтара», — диэн Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
Спортивнай саала таталардаах, гимнастическай стенкалардаах, боксерскай грушалардаах платформалаах буолуоҕа. Инвентарь харайыллар снаряднайдаах. Тир толору хааччыллыбыт буолуоҕа. Тренажернай саал үлэлиэҕэ.
Тутуу 2023 сыл сэтинньигэ түмүктэниэҕэ.
This post was published on 14.06.2022 10:01 10:01