21 Сэтинньи 21.11
  • -27°
  • $ 100,22
  • 105,81

Дьокуускайга хомусчут-импровизатор кэнсиэр - маастар-кылаас тэрийэн ыытта

18:01, 19 ноября
Текст:
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын хомусчут-импровизатора уонна ырыаһыта, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх кыайыылааҕа Василена Шарина-Улан маастар-кылаас — кэнсиэр тэрийэн ыытта. Ю.Е.Платонов аатынан Эстрада тыйаатыр камернай саалатыгар хомус тутуурдаах көрөөччүлэр мустубуттар.

Кэлбит көрөөччүлэри сахалыы сиэринэн кымыстаах алаадьынан көрүстүлэр. Холлга, остуолга хомус эгэлгэтин тэлгэппиттэр, атыы-тутуу, үөрүү-көтүү. Тэрээһини Василена бэйэтэ ыытта. Кини маастар-кылааһын бэйэҕэ махталтан саҕалаата. Сыыйа тардыы дорҕоонугар уйдаран, үҥкүүһүт кыргыттар “Алгыс үҥкүү” хамсаныытын көрдөрдүлэр. Бука бары кэлбит дьон, көрөөччүлэр ыраастаннылар, арчыланнылар. Ити кэннэ Василена Ивановна өбүгэлэргэ махтанан, Дьулустаан Никифоров кыл-кылыһаҕар доҕуһуолланан тойук ыллаан дьиэрэттэ.

Маастар-кылааска аан бастаан аһаҕас дорҕооннору кытары билиһиннэрдэ: А, О, У, Э, И, Ү, Ө, ИЭ, ЫА, УО, ҮӨ. Бу дорҕооннору хас эмэ төгүл хомуска охсон оонньоотулар, дэлби бигэргэттилэр.

Ити кэннэ Василена хомуска үөрэтии ньымаларын билиһиннэрдэ. Сүрүн дорҕоон – айах иһигэр саҥа уорганнара тыҥааһына, хамсааһына суох туруктарыгар хомус тылын таарыйдахха үөскүүр дорҕоон. Ол курдук Василена маннык ньымалар баалларын бэлиэтиир:

Күөрэгэйдэтии – тыл сүнньүн (куорпуһун) айах иһигэр ханна да таарыйбакка сырыынньа илигирэттэххэ үөскүүр. Бу ньыманы хаста да хатылаатылар. Хаастатыы – тыл төбөтүн миилэҕэ, таҥалай араас өттүгэр тус-туспа тэтимнээхтик таарыйталаатахха үөскүүр дорҕоон. Сыыйа тардыы. Бу ньымалары көрөөччүлэр бары кэриэтэ сатыыр эбиттэр, Василена хамаандатынан бары бөлөх кыттааччыларын курдук үтүктэн дорҕооннору таһааран истилэр.

Ол кэнниттэн аныгы ньымалары эмиэ үөрэттилэр – үрүйэ сүүрүүтэ, кэҕэлии. Көрөөччүлэр хомустарын тыаһа тохтообокко оонньоото. Көх-нам бөҕөтө, бары хомуһунан дьарыктаналлара отой биллэр-көстөр. Маастар-кылаас чыпчаалынан композицияны үөрэтэн хомуска таһаарыы буолла. Көрөөччүлэр отнон да толлон турбатылар, хас эмэ төгүл кыһаллан-мүһэллэн биир киһи курдук хомуска оонньоотулар. Бу маастар-кылааска Василена хомуска сыыйа тардыы ньыманы оонньуу турдаҕына үҥкүүһүт кыргыттар көҥүл, аныгы хамсанныыны көрдөрдүлэр. Бу эмиэ бэрт интириэһинэй көстүү буолла.

Түмүккэ Култуура миниистэрэ Афанасий Иванович Ноев үрдүк сценаҕа тахсан Василена дойдутугар Орт Халымаҕа, Сыбатаайга сылдьыбытын, олохтоохтору кытары көрсүбүтүн, Сыбатаай олохтоохторо Шариннар дьиэ-кэргэн айар куттаах оҕолоохторун кэпсээбиттэрин санаан ааста уонна Василенаҕа айар үлэтигэр үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри, саҥа саҕахтары, саҥа бырайыактары баҕаран туран эҕэрдэ тылын эттэ уонна сибэкки дьүөрбэтин туттарда. Ону тэҥэ күн күбэй ийэтэ Марфа Николаевна Шарина-Сигуна Сэбээк Күн баар суох күҥҥэ көрбүт кыыһын Василенатын тэрээһинэ таһымнаахтык ааспытынан астыммытын  уонна кыыһынан киэн туттарын бэлиэтээн эттэ.

Ааптар: Вера Черноградская

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар