Дьокуускайга Өлүөхүмэ оройуонуттан куотан кэлбит 24 саастаах өрүс суудунатын мотуруоһун туттулар. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Эдэр киһини харчы уорааһыныгар уорбаланар. Хайдах гынан буруйу оҥорбута чуолкайдаммат.
Ол курдук, Өлүөхүмэ оройуонун олохтооҕо полицияҕа кини баанын счетуттан 130 тыһыынча солкуобайы уорбуттарын туһунан үҥсүү суруйбут. Ол иннинэ бу киһи төлөпүөнүн сүтэрбитэ биллибит. Харчытын смартфон көмөтүнэн уорбуттара сабаҕаланар.
Бүтэһик сырыыга эр киһи телефонун баржаҕа көрбүт. Полиция манна үлэлиир мотуруоһу уорбалаабыт. Холуобунай дьыала тэриллибит эрээри, уорбаланааччы куоппут. Ол түмүгэр бу киһини Дьокуускайга булбуттар. Кини холуобунай дьыалаттан куотаары олорор сирин уларыта сылдьыбыт.
This post was published on 22.11.2023 16:50 16:50