Дьокуускайга уонна куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга элбэх хаар түспүтүнэн, хаары, мууһу тиэйии-таһыы тэтимэ күүһүрдэ. Ол туһунан олохтоох дьаһалта эттэ.
Хаары ыраастааһыҥҥа 13 тэрилтэ кыттар, 38 анал техника үлэлиир. Тротуардары ыраастааһыҥҥа аҕыс тэрилтэ 31 техниката, 39 оробуочай, 42 муниципальнай олбуор ыраастааччы үлэлиир.
Ааспыт нэдиэлэҕэ 2558 кубометр хаар тротуартан таһаарылынна, сыл саҕаланыаҕыттан — 13 140 кубометр. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр сарайдарыттан 32 038 кубометр хаар таҕыста, былаантан 82%.
Олбуордартан уонна аттынааҕы территориялартан 197 092 кубометр хаар, былаантан 69%. Инженернай коммуникациялартан 2850,5 кубометр муус көһөҥөлөрө ыраастанна, былаантан 73%. Тоҥмут бөх 2186 кубометр (61,3%).
This post was published on 22.03.2024 14:33 14:33