Дьокуускайга, Хаҥаласка, Намҥа муус харыыта тахсыан сөп

Дьокуускай куорат, Хаҥалас, Нам улуустарыгар баар өрүстэргэ халаан кэмигэр муус харыыта тахсыан сөп. Ити туһунан Росгидромет Саха сиринээҕи управлениетын салайааччытын солбуйааччы Юрий Дихтяренко эттэ.


Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччытын бастакы солбуйааччы Дмитрий Лепчиков сааскы, сайыҥҥы уонна күһүҥҥү халаан дьоҥҥо куттала, хоромньута суох ааһарыгар анаммыт мунньаҕы ыытта.

Оройуоннар бэрэстэбиитэллэрэ видеоконференцсибээс нөҥүө мунньахха кытыннылар.

Управление салайааччытын солбуйааччы Юрий Дихтяренко урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, муус быйыл икки күнүнэн эрдэлээн барыан сөбүн туһунан эттэ. Дьокуускай куорат, Хаҥалас, Нам улуустарыгар муус харыыта тахсар куттала баарын кини чиҥэтэн эттэ.

Таатта улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Унаров халааҥҥа бэлэмнэнии былаан быһыытынан баран иһэрин эттэ. Суһаллык дьайар штаб тэриллибит, тыҥааһыннаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, 440 киһи, 38 тиэхиньикэ бэлэмнэр. Улуус киинигэр – Ытык Күөлгэ инженернэй бөҕөргөтүү оҥоһуллубут.

«Алдан өрүскэ быйыл 18 гектар учаастакка мууһу хараартыбыт. Ол да буоллар, өрүс таһынааҕы нэһилиэктэр ууга былдьанар кутталлара син биир баар. Ол иһин эвакуация былаанын оҥорбуппут», — диэтэ Томпо улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Афанасьев.

Уус Алдан баһылыгын бастакы солбуйааччы Сергей Сестикович этэринэн, 1731 киһилээх алта нэһилиэнньэлээх пуун куруук буоларын курдук, ууга барыахтарын сөп. Манна уу таһымын бэрэбиэркэлиир гидропуостар бааллар. Бүгүҥҥү туругунан ыксаллаах быһыыга-майгыга 170 киһи, 67 тиэхиньикэ бэлэм.

Чурапчы бэрэстэбиитэлэ улуус сорох нэһилиэктэрин таһыгар баар ууну харайар тутуу кутталы үөскэтэрин ыйда.

«Мууһу хараардыы, эрбээһин болҕомто үөһүгэр тутуллуохтаах. Сытар ыарыһахтары, оҕолоноору сылдьар дьахталлары, о.д.а. ууу ылыан сөптөөх сирдэртэн көһөрүөхтээххит», — диэтэ Дмитрий Лепчиков.

This post was published on 22.04.2016 15:20 15:20