«Туймаада» стадиоҥҥа өрөспүүбүлүкэттэҕи «Эйэ! Ыам ыйа! ГТО!» бүтүн Арассыыйатааҕы физкультурнай-спортивнай комплекс нормативтарын толорууга ГТО бэстэбээлэ (акция) саҕаланна. Спортивнай дьаһаллар үс күн устата ыытыллыахтара. Барыта өрөспүүбүлүкэ киин куоратын 6 тыһыынчаттан тахса киһи кыттара күүтүллэр, диэн СИА кэпсиир.
Санатан эттэххэ, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев ыйааҕынан ыам ыйын төрдүс бээтинсэтигэр ГТО туттаран саҕалыыллар. Бу күн өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар ГТО нормативтарын толорууга акция ыытыллар. Барыта 42 киин тэрилиннэ.
Саха сиринээҕи ГТО киинин начальнига, бэстэбээл кылаабынай судьуйата Александр Брызгалов кэпсээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар бэстэбээл үс күн устата барыаҕа. Бастакы күн, кыттааччылар үрдүк уонна намыһах сиргэ ыйааһыннарын тардыныахтара, илиилэрин сытан эрэ көннөрүөхтэрэ уонна токурутуохтара, 16 кг ыйааһыннаах гиирэни көтөҕүөхтэрэ, гимнастика ыскамыайкатыгар наклон оҥоруохтара, миэстэлэриттэн туран ыстаныахтара, көхсүлэрин бириэмэҕэ көтөҕүөхтэрэ, уонна түргэнник сүүрүөхтэрэ.