Дьокуускайга геологтар искибиэрдэрэ тутуллуоҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга геология музейа уонна геологтар искибиэрдэрэ баар буолуоҕа — салааны дьоҥҥо кэпсиир, бэтэрээннэри үйэтитэр уонна ыччаты геологияҕа сыһыарар сыаллаах соҕотох патриотическай комплекс тэриллиэҕэ. Ол туһунан ТАСС геология миниистирин солбуйааччыта Андрей Сычевскайга сигэнэн суруйар.

Бырайыак бюджет таһынааҕы үбүлээһинтэн тутуллар. Искибиэри Киров уонна Орджоникидзе уулуссаларын быһа охсуутугар туруорар баҕалаахтар, билигин бырайыактааһын үлэтэ барар.

Музей туһунан сиһилии суруллубат, Сычевскай бэлиэтээбитинэн, икки бырайыак тус-туспа бэлэмнээх тутуллаллар. Музей интерактивнай экспозициялаах, минералогия уонна палеонтология түһүмэхтэрдээх, хаартыскаҕа түһэр сирдээх буолуоҕа.

This post was published on 09.12.2024 15:12 15:12