Дьокуускайга «Цифровой Алмаз» II Федеральнай пуорум ыытыллыаҕа.
Сэтинньи 23-24 күннэригэр киин куоракка ыытыллар суолталаах тэрээһин сыыппаранан үлэлиир экэниэмикэ лиидэрдэрэ уонна бу салаа эспиэрдэрэ Арассыыйа технологическай сайдыытын дьүүллэһиэхтэрэ, ырытыахтара. Тэрээһини РФ цифровой сайдыы, сибээс уонна маассабай коммуникация министиэристибэтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта холбоһон ыытыахтара. Былырыын бастакы пуорумҥа Арассыыйа 63 эрэгийиэниттэн 1500-тан тахса киһи кыттыбыта. Онно уонтан тахса экэнэмиичэскэй суолталаах сүрүн сөбүлэҥнэри түһэрсибиттэрэ.
— Быйыл биһиги үөрэхтээһини цифровизациялааһын, цифровой контент — экэниэмикэ кэскиллээх боппуруостарын ырытыахпыт,- диэн бэлиэтээтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов.
Сиэссийэ сүрүн кэпсэтиитин түмүгэ РФ цифровой сайдыы, сибээс уонна маассабай коммуникация миниистирэ Максут Шадаевка тиэрдиллиэҕэ.
Тэрээһиҥҥэ Казахстан, Иран, Бразилия, Индия уо.д.а. дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ куйаар нөҥүө кыттыахтара.
Пуорум чэрчитинэн араас стартаптар, быыстапкалар, куонкурустар ыытыллыахтара. Кэпсэтии былаһааккаларыгар эспиэрдэринэн «Роскосмос», «РосАтом», АУо «Ростелеком», АНО «ВКонтакте», «Яндекс», Lesta Games, «OKKO», «WINK», «Premier» уо.д.а. судаарыстыбаннай тэрилтэр уонна биисинэс бөдөҥ тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара.
Пуорум «Үлэ кыбартаала» креативнай кластерга ыытыллыаҕа. Иһитиннэриини сиһилии https://digitaldiamond.tech саайтан билсиҥ.
Елена Потоцкая, Саха сирэ
This post was published on 15.11.2023 17:05 17:05