Ааспыт сылга Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын уонна “Холбос” потребительскай союз көҕүлээһиннэринэн сахалартан биир бастакынан экономика боппуруостарынан дьарыктаммыт, суруйааччы, сырдатааччы, экономист, “Холбос” союһу төрүттээччи Кузьма Осипович Гаврилов 125 сылын бэлиэтииргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэриллэн, улахан үлэ барбыта.
Аллараа Бэстээххэ кини аатынан уулусса арыллыбыта. Научнай-практическай конференция, Гавриловскай ааҕыылар ыытыллыбыттара. “Холбос” дьиэтигэр мемориальнай дуосканы ыйаабыттара.
Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, бу үлэ үбүлүөйдээх сылынан тохтоон хаалбата. Ол курдук, кулун тутар 24 күнүгэр Дьокуускайдааҕы эргиэн-экономическай коллеһын иннигэр Кузьма Осипович Гаврилов бүүһүн туруордулар. Бүүһү скульптор Сергей Лукин чочуйан оҥорбут.
Бүүһү үөрүүлээхтик арыйыыга СӨ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы-миниистир Петр Алексеев, “Холбос” потребсоюз салалтата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата, биир дойдулаахтара, устудьуоннар кытыннылар.
Саҥа бүүс экономика боппуруостарынан дьарыктаныан баҕалаах устудьуоннарга ыйар суолдьутунан буолуоҕа.