Кулун тутар 29 күнүгэр эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи ХХ мунньахтара үлэтин саҕалаата. Бырабыыталыстыба 2 №-дээх дьиэтигэр буолбут үөрүүлээх мунньахха Уус Алдан, Таатта, Горнай, Кэбээйи, Өлүөхүмэ уо.д.а. улуустартан 60-ча эдэр ааптар муһунна.
«Эдэр суруйааччылар мунньахтарын тэрийии Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн, 1947 сылтан саҕаламмыта. Мунньахтары хомсомуол Обкомун кытта тэрийэн ыытара. Онон тыл маастардара, ааттаах-суоллаах суруйааччылар маннык мунньахтартан тирэх ылан тахсыбыттара биллэр. 1980 сыллар бүтэһиктэригэр эдэр суруйааччылар мунньахтара ыытыллыбат буола сылдьыбыта. 2004 сылтан Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа эдэр суруйааччылар түмсүүлэрин сөргүтүүнү көҕүлээбитэ. Онтон ыла, 20-чэ сыллаах тохтобул кэнниттэн, биһиги эдэр суруйааччыларбытын, ааптардарбытын ыҥырар, сүбэлэһэр, дьүүллэһэр, сайыннарар буоллубут», – диэн народнай поэт, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева санаатын эттэ.
Эдэрдэр секцияларынан арахсан үлэлээтилэр. Ааптардарга проза, поэзия, нуучча тыллаах литература, хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын литератураларын секциялара үлэлээтилэр. Мунньах бастакы күнэ Национальнай библиотека Историческай саалатыгар Поэзия биэчэринэн түмүктэннэ.
Сарсын секциялар үлэлэрэ салҕанар. Эдэр суруйааччылар киин куорат үөрэҕин кыһаларыгар сылдьыахтара. Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын бэрэстэбиитэллэрин кытары көрсүөхтэрэ.
Түмүктүүр мунньахха секциялары салайбыт дьон эдэрдэри кытары санааларын үллэстиэхтэрэ.
This post was published on 29.03.2016 17:58 17:58