Балаҕан ыйын 27 күнүгэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Медицина институтун клиникатыгар доруобуйа дьаарбаҥката ыытылынна.
«Ыччат. Дьиэ кэргэн. 2013-2017 сс. доруобай куорат» муниципальнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыбыт дьаһалга куорат олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэр доруобуйаларын туругун невролог, эпилептолог, эндокринолог, кардиолог, терапевт, дерматолог, гинеколог, травматолог-ортопед, генетик быраастарга көрдөрдүлэр.
Биир күн иһигэр барыта 481 киһи сырытта. Ол иһигэр, 16 киһи – УЗИ-га, 63 ЭКГ-га түстэ. 83 киһи онкомаркерга анаалыс туттарда. Ким баҕалаах гирииптэн харыстанар быһыы ылла.
This post was published on 29.09.2016 11:11 11:11