Дмитрий Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы XV-с турнир чэрчитинэн Саха сирэ 12 дойдуттан уонна Россия регионнарыттан спортсменнары көрсөргө бэлэмнэнэр. «Триумф» спорт киинигэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы бэлэмнэнии үлэтин кытары билистэ, НВК Саха ТГ-ханаала суруйар.
«Триумфка» өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай бэлэмнэнии киинин дириэктэрэ Михаил Пахомов салалтатынан турнирга бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ бара турар. Быйыл тэрийээччилэр көрөөччүлэргэ диэн улахан экраны туруорбуттар, манна күрэхтэһии чаҕылхай түгэннэрин, хатылааһыны көрдөрүөхтэрэ.
Дьокуускайга аан дойду, Европа, Азия чемпионнара күрэхтэһэ кэлэллэр диэн Сергей Местниковка эттилэр. Аан дойду чемпионатын бастыҥнара Абасгаджи Магомедов, Ахмед Усманов, Магомед Курбанов, Эрназар Акматалиев, Тумэнбилэг Тувшинтулга уо.д.а. турнирга кытталларын бигэргэппиттэр.
Саха сириттэн Лев Павлов, Константин Капрынов, Олег Фомин, Роман Николаев, Андриан Ленский, Ньургун Сергин, Никита Хабаров уо.д.а. кыттыыны ылыахтара. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдиир хамаандатыгар 80-тан тахса бөҕөс киирбитэ.
Турнир үөрүүлээх арыллыыта олус чаҕылхайдык ааһыаҕа диэн тэрийээччилэр сырдаттылар.
Санатар буоллахха, Дмитрий Коркин кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы XV-с турнир алтынньы 19-20 күннэригэр буолуоҕа. Кыайыылаахтары уонна призердары уон ыйааһынынан быһаарыллыаҕа. Бастакы миэстэ буолбуттар 200 тыһ. солк. наҕараадаланыахтара.
This post was published on 17.10.2024 15:06 15:06