Дьокуускайга дьиэтигэр марихуана уонна гашиш ууруна сылдьыбыт 52 саастаах эр киһини туттулар. Туттуллубут киһи наркотиктаах күдэҕи дьоҥҥо-сэргэҕэ атыылыырга ууруна сылдьбытын туһунан быһаарда. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Тутуллубут киһи массыына саппааһын эргиэнинэн дьарыктанар фирманы салайар. Полиция үлэһиттэрэ бобуулаах һэктэри бу киһи дьиэтиттэн буллулар уонна былдьаатылар. Суулана сылдьыбыт һэктэр марихуана уонна гашиш буолалларын анал чинчийии бигэргэттэ.
РФ ХК 2 ст. 228 чааһынан холуобунай дьыала силиэстийэтэ саҕаланна. Уорбаланааччы силиэстийэ ыытыллар кэмигэр Саха сириттэн тахсыбат туһунан суруктаах сылдьар.
This post was published on 09.11.2023 16:58 16:58