Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра сэтинньи 14 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын Дьиэтигэр ырыаһыт, Норуоттар икки ардыларынааҕы ырыа күрэҕин дипломана, Саха Өрөспүүбүлүкэтин фольклорун көрүҥнэрин күрэхтэрин кыайыылааҕа Александр Карманов тыйаатыр саха үнүстүрүмүөннэрин доҕуһуолунан “Дьиэрэй ырыам” сольнай кэнсиэри улахан сценаҕа айар үлэтэ 5 сылыгар анаан көрөөччүлэргэ бэлэх уунна. Бэрт сэргэх, сырдык, тэтимнээх, тыыннаах доҕуһуолунан салайтарбыт кэнсиэр, биир тыынынан буолан ааста диэн дьон-сэргэ санаатын үллэһиннэ. Кэнсиэр кэнниттэн көрөөччүлэр ыксаабакка, тиэтэйбэккэ хомуннулар, онон мин хас да киһини кытары сэһэргэһиини ситистим.
Агафия Сосина – оҕо саадын иитээччитэ: “Дьэ, бэртээхэй кэнсиэркэ сырыттым. Ырыаһыт Александр Карманов кыахтаах ыччат эбит. Олус үчүгэйдик репертуарын талбыттар. Талба талааннаах – ырыаһыт, хомусчут, чабырҕахсыт, тойуксут, оһуокай таһаарааччы. Биир киһи норуот фольклорын көрүҥнэрин барытын баһылаабыта, этигэр-хааныгар иҥэринэн илдьэ сылдьара сэдэх буолааччы. Биир бэйэм Аммаҕа төрөөбүт буоламмын Валерий Ноев ырыаларын сөбүлээн иһиттим уонна Александрга тэтимнээх ырыа наһаа барсар диэн сыаналаатым. Уонна хас ыллаатаҕын ахсын куолаһа чөллөрүйэн тубустар тупсан уонна арыллан иһэр. Баҕарыам этэ Александрга бу тэтимин ыһыктыбакка өссө күүскэ иннин диэки хардыылары оҥоро турарыгар”.
Клара Ефграфова – пенсионер: “Мин урут бэйэм эдэр сылдьан дойдубар кулуупка хорга уонна бөлөҕүнэн куруутун ыллыыр этим. Инньэ гынан мэлдьи боккуойданным да наар ырыа истэбин, ыллыыбын, ырыаһыттары кэтээн көрөбүн. Бэйэм сөбүлүүр ырыаһыттардаахпын – Далаана, Сиэйэ Уола, олохтон туорабыыт Василий Еремеев уо.д.а. Саха киһитэ буоларым быһыытынан төрүт култуура көрүҥнэрин тойугу, норуот ырыаларын сөбүлүүбүн. Инньэ гынан Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһин устудьуоннара толорбут чабырҕахтарын, саха ырыаларын, хомуска дьүһүйүүнү олуһун сөбүлээтим. Ону тэҥэ ити кэллиэс уһуйааччылара “Киэһээҥҥи ырыа” диэн нүөмэрдэрэ дууһабын таарыйда. Билиҥҥи кэмҥэ маннык сахалыы тыыннаах эдэр киһи, ийэ тылын илдьэ сылдьар ыччат баара миигин наһаа үөртэ”.
София Петрова – алын кылаас уһуйааччыта: “Александр Карманов репертуара бука барыта биллэр мелодистар ырыалара эбит. Урут ити ырыалары эмиэ биллиилээх артыыстар, ырыаһыттар толороллорун истээччибин. Ол гынан баран кини ити ырыалары саха аркыастыр доҕуһуолунан толорбута наһаа кэрэхсэбиллээх. Отой атыннык ылынным. Бэйэтэ эдэрэ, эрчимнээҕэ, харахтара уоттааҕа, туттара-хаптара чэпчэкитэ, бэлэмнэммитэ, сүүрбүтэ-көппүтэ, долгуйбута наһаа көстөр. Көрөөччүлэр тэҥҥэ ыллаһа олордулар. “Чороон” бөлөх солиһа Владимир Мохначевскай толорор “Оҕо санаам оонньуута” диэн ырыа кэмигэр көрөөччүлэр ойон туран үҥкүүлээн-битиилээн бардылар. Александр бүтэһик эстраднай блок ырыаларыгар сүрдээхтик хамсаннылар, үөрдүлэр-көттүлэр. Ырыаһыты кытары биир долгуҥҥа баар буола түстүлэр. Биир бэйэм наһаа үрдүк таһымнаах кэнсиэркэ сырыттым диэн наһаа дьоллоннум”.
Екатерина Скрябина: “Мин дьүөгэлэрбин кытары сырыттым. Александр Карманов ыллыырын биирдэ да истэ илик этим. Кэнсиэр бастакы чааһын фольклор көрүҥнэрин чугастык ылынным. Наһаа эдэркээн устудьуоннар этэн-тыынан, ыллаан-туойан, оһуокайдаа-эһиэкэйдээн, чабырҕахтаан, хомуска дорҕооннору таһааран кэнсиэри киэргэттилэр аҕай. Ону тэҥэ классика буолбут саха ырыалара кини куолаһыгар барсар эбит. Дирижер Анюта Иванова саха аркыастырын салайда. Билигин ырыаһыттар бары да кэриэтэ фонограмманан ыллыылар. Онтон бу Александр аркыастырдаах кэлэктиипкэ үлэлиирэ олус табыгастаах эбит. Тыыннаах муусука, тыыннаах доҕуһуол, тыыннаах дорҕоон. Уол оҕото тас көрүҥэ, туттара-хаптара, эмиэ барыта бэйэтин уобараһыгар барсар. Хаста да таҥаһын уларытта. Кэнсиэр фольклор көрүҥнэринэн саҕаланан баран эстраднай ырыаларынан түмүктэннэ. Баҕарабын Александр Кармановка өссө үрдүк ситиһиилэри”.
Иннокентий Иванов: “Мин толоруллубут ырыалары сөбүлээтим. Видоеконтеҥҥа худуоһунньук Туйара Шапошникова үлэлэрин туһаммыттара наһаа киэргэттэ. Ыытааччы Артур Семенов-Тоҥ Саха бэйэтэ эмиэ хомуска да оонньоото, ыллаата даҕаны. Дэгиттэр талаан. Режиссура уонна сценарий өттө эмиэ барыта орун-орун курдук сөп түбэспит. Инньэ гынан, кэнсиэр ис хоһооно уонна тас оҥоһуута барыта биир халыыпка киирэннэр, барыта табыллыбыт. Александр таҥаһын уларыттар кэмигэр үҥкүүһүт кыргыттар тыйаатыр бастакы уус-уран салайааччыта Геннадий Баишев “Кымыс үҥкүүтэ” нүөмэри уонна эмиэ кини айбыт “Үөдэн түгэҕэ” испэктээктэн быһа тардан балет артыыстара Сарика Шин уонна Семен Кузьмин Саша Карманов бэрт иэйиилээхтик толордулар. Бу кэнсиэрин кытары икки дойдулаах киһи Амма, Алдан улууһунан саха аркыастырын кытары суол турдаҕына гостуруолга турунуо эбит диэн сабаҕалаатым”.
Дьэ, ити курдук ырыаһыт Александр Карманов “Дьиэрэй ырыам” сольнай кэнсиэрэ өрө көтөҕүллэн, үрүк таһымнаахтык буолан ааста. Кинини тыйаатыр салайааччылара, биир дойдулаахтара, аймах билэ дьоно чистээтилэр, уруйдаатылар-айхаллаатылар. Мин эмиэ кинини эҕэрдэлээн туран инникитин алгыстаах айар талаана аартыга арыллыннын, иэйэхситэ энэрдэстин, айыыһыта арчылаатын диэн алгыс тылбын аныыбын.
Ааптар: Вера Черноградская
This post was published on 19.11.2024 16:01 16:01