Дьокуускайга “Дэгэрэҥ эйгэтэ” кэнсиэркэ улуустартан саха ырыатын толорооччулар кытыннылар

Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырыгар  дьоһун уонна чаҕылхай ис хоһоонноох “Дэгэрэҥ эйгэтэ” диэн ааттаах тыыннаах доҕуһуолунан саха ырыатын дьоро киэһэтигэр икки кэнсиэр өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааста.  Кэнсиэри Саха аркыастырын иһинэн  “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕө уонна Христофор Максимов аатынан саха ырыатын-тойугун сайдыытыгар өйөбүл фондата иилээн-саҕалаан тэрийэн ыыттылар.


Бырайыак уонна сценарий ааптара Саха аркыастыр артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, “Кыл Саха” бөлөх салайааччыта Анна Ивановна Томская.

Бүгүҥҥү кэнсиэри СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Лобанов олус сэргэхтик ыытта. Анна Томская кэнсиэр саҕаланыытыгар бөлөх маастарын уонна импровизатор-толорооччутун Руслан Габышевы, муусукааннарын: Анюта Иванованы, Дмитрий Винокуровы, Афанасий Федоровы, Афанасий Томскайы, Зоя Васильеваны, Дьулустаан Никифоровы, Вера Григорьеваны уонна бу күҥҥэ доҕотторун кытта гитараҕа оонньообут Максим Бордонскайы кытта билиһиннэрдэ, “Дэгэрэҥ, дьиэрэтии” саха ырыата, муусуката ураты ньыматын кытта билиһиннэрдэ, бөлөх үлэтин кэпсээтэ.

“Кыл Саха” 2014 сыллаахха тэриллибитэ. Маастар уонна солист Руслан Габышев көмүс тарбахтарынан чочуйан оҥорбут кыл кылыһахтарыгар (кыл струналаах кырыымпаларыгар) оонньууллар. Ол кэмтэн ыла элбэх таһымнаах тэрээһиннэргэ кытталлар, хаста да айар киэһэлэри, элбэх кэнсиэртэри, маастар кылаастары куоракка эрэ буолбакка улуустарга эмиэ тэрийэн көрдөрдүлэр уонна ыыттылар. 2017 сыллаахха Христофор Трофимович  төрөөбүтэ 100 сааһыгар анаммыт тэрээһиннэргэ “Кыл Саха” фонда кыттыылаахтарын кытары Аммаҕа, Чурапчыга, Одьулуҥҥа, Дьокуускайга улахан тэрээһиннэргэ кыттыбыттара. Иллэрээ сыл, бөлөх тэриллибитэ 5 сылыгар улахан кэнсиэр туруорбуттара, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыттара, бэйэлэрэ көрөөччүлэрэ уонна сүгүрүйээччилэрэ, кылга оонньуон баҕарааччылара элбээбиттэрэ. “Кыл Саха” кэккэ ситиһиилэрэ элбээтэн элбээн, улааттан улаатан, халыҥаан иһэр, “Мир Сибири” — Аан дойдутааҕы этномузыка күрэс кыайыылааҕа уонна “Палитра талантов” — Аан дойдутааҕы күрэс Гран При хаһаайына буоланнар үрдүк чиэһи уонна биһирэбили ылбыттара.

Бүгүн икки кэнсиэргэ саха муусукатын, ырыатын, Христофор Трофимович хаалларбыт баай ньэһилиэстибэтитин истээри көрөөччү тоҕуоруһа мустубут, саал иһэ тобус толору. “Кыл Саха” бөлөх хайа тэриллиэҕиттэн биир чугас доҕотторунан, ырыаһыттарынан СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Дьячковскай – Саарын буолар. Кини бу киэһэ улахан эппиэтинискэ тиксэн, “Дэгэрэҥ эйгэтэ” кэнсиэри Христофор Максимов “Ахтылҕан”, Марфа Данилова “Иһит, Олоҥхо дойдутун оҕото” ырыалары ис киирбэхтии толорон арыйда. Кини ырыаларын аһара сэргээннэр көрөөччүлэр хаста да “браво, браво, браво” диэн хаһыытаан махталларын биллэрдилэр.

“Алгыстаах дорҕоон” композицияны солист уонна маастар Руслан Габышев бөлөх артыыстарын кытта дорҕоон таһааран иэйэн-туойан оонньоото. Варя Аманатова-Алаас Кыыһа кыра оҕо эрдэҕиттэн ырыа кэрэ эйгэтигэр киирэн, “Кэнчээри” оҕо үрдүк таһымнаах кэлэктиибигэр ыллаан,  идэлээх ырыаһыт буола улааппыта. Кини репертуарыгар дэгэрэн ырыата эмиэ үгүс. Олортон “Кырдал кыыһа” кини куолаһыгар уонна тус бэйэтигэр аһара барсар дии саныыбын. Бу да киэһэ Варя өрө көтөҕүллэн Эдьиий Марыына репертуарыттан “Суун сибэкки сиигинэн” уонна “Кырдал кыыһа” ырыалары чаҕылхайдык уонна истиҥник толордо.

Христофор Максимов аатынан саха ырыатын-тойугун сайдыытыгар өйөбүл фондатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Санников “Кыл Саха” бөлөҕү кытта 2015 сыллаахтан ситимнээхтик үлэлэһэрин кэпсээтэ,  Христофор Трофимович төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт уонна да атын тэрээһиннэргэ үлэлэспиттэрин туһунан бөлөх артыыстарыгар махтанан сырдатта. Бэйэтэ “Күөрэгэйдэр ыллыыллар” уонна “Өрүүнэ” ырыалары дууһатын ууран туран толордо, көрөөччүлэр махталлаах ытыстарын тыаһа киниэхэ ананна.

“Кыл Саха” бөлөх эдэр ыччаты сыһыаран, саҥа тахсан эрэр талба талааннаах толорооччуларга өйөбүл буолар. Онтон биирдэстэрэ Амма кыыһа Туйаара Софронеева. Кини бэйэтэ гитараҕа оонньуу-оонньуу Күннүк Урастыырап тылыгар норуот матыыбыгар “Түүл” ырыаны “Кыл Саха” доҕуһуолунан олус истиҥник толордо. Уус-Алдантан төрүттээх эдэр толорооччулар Василий Местников уонна Ньургуйаана Никитина, Амматтан кэлбит Мичийэ “Кыл Саха” доҕуһуолунан бэрт ис киирбэхтик Христофор Максимов ырыаларын долгуйан туран наһаа ис киирбэхтик, итэҕэтиилээхтик ыллаатылар. Сунтаар биир чаҕылхай талаана, СӨ оһуокайын Дархан этээччитэ, тойуксута, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо тыйаатыр артыыһа Дмитрий Иванов Христофор Максимов ырыаларын куруутун өрө тутан, таптаан толорор. Бу киэһэ кини “Намылыһар хатыҥнар” уонна “Татыйаас” норуокка улаханнык биллибит тарҕаммыт ырыалары ытыс хабыллыар дылы тыастаах аплодисмен тыаһыгар толордо. “Кыл Саха” бөлөх хомусчута уонна ырыаһыта Артур Семенов Уххан тылыгар, уһуйааччыта Варвара Обоюкова мелодиятыгар “Дэгэрэҥ” ырыаны эдэрдии эрчимнээхтик толордо.

СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, СӨ оһуокайын Дархан этээччитэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи ускуустуба оскуолатын фольклор салаатын уһуйааччыта Сахаайта МойтохоноваБу бөлөх мин бииргэ төрөөбүттэрим курдуктар, миэхэҕэ кинилэр сылаастар, чугастар”, — диэн кэпсиир. “Хайдах да элбэх үлээлээх, ыгым бириэмэлээх да сылдьан “Кыл Сахаларым” ыҥырдылар да туохпун барытын быраҕан туран Дьокуускай диэки улахан үөрүүнэн көтө турабын”, — диэн санаатын үллэстэр. Онон бөлөх артыыстарыгар “Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэбин, хоолдьуктаах бэйэм махтанабын” – диэн бэлиэтиир Сахаайта. Кини толоруутугар “Доҕоччугуом” ырыаны иһиттибит. Өссө Сахаайта кэһиилээх кэлбит. Кини аҕата Мойтохонов Михаил Тихонович хаалларбыт баай архыыбыттан Марк Жирков муусукатыгар, норуот тылыгар “Кырыымпа буолларбын” ырыаны бар дьонугар бэлэх уунна.

Көрөөччүлэр махтанан муҥура суох таһыннылар. Валерий Лобанов уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев-Баян Бааска норуокка киэҥник биллибит “Хаппытыан, Хаппытыан” күлүүлээх ырыаны үрдүк таһымнаахтык, көрүдьүөстүк толордулар. Валерий Лобанов өссө “Мэттэкэ-тэттэкэ Миитэрэй” уонна “Тугун баҕас абатай” ырыалары наһаа артистичнайдык уонна ис киирбэхтии толордо.

Эстрада биир бэлиэ сулуһа Павел Семенов – Байбал Христофор Максимов ырыаларын эмиэ олус сөбүлээн толорор. Кини “Оҕо мичээрэ” колыбельнай ырыаны дууһатын ууран туран ыллаата. Уонна өссө Уйбаан Арбита тылыгар, бэйэтин мелодиятыгар дэгэрэн матыыптаах “Күөрэгэй” ырыатын сэргэхтик толордо. Кэнсиэр түмүгэр Байбал саҕалаан “Учууталбар” ырыаны кэнсиэр бары кыттыылаахтара уонна көрөөччүлэр өрө көтөҕүллээхтик толордулар.

Кэнсиэргэ кытта, кыл кылыһахха оонньуу бөлөх доҕотторо, үөрэнээччилэрэ Амматтан Василий Неустроев-Баян Бааска, Тааттаттан Элеонора Маркова, Мэҥэттэн маастар уонна толорооччу Дмитрий Ченянов кэлбиттэр. Олус долгуйан тураннар “Кыл Саха” бөлөҕү кытта хас да ырыаҕа доҕуһуолга оонньостулар. Маннык талааннаах толорооччулар, ырыаһыттар, муусукааннар баалларын тухары уостан түспэт, үйэлээх Христофор Трофимович ырыалара бу курдук куруук ыллана, дьон-сэргэ биһирэбилин ыла туруохтара, диэн СИА-ҕа суруйда Вера Черноградская, С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ Үҥкүүтүн тыйаатырын литература салаатын сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин театральнай Сойууһун чилиэнэ.

This post was published on 05.02.2021 18:01 18:01