Дьокуускай куоракка «Даача. Оҕуруот. Уһаайба» диэн 11-с төгүлүн ыытыллар быыстапка-дьаарбаҥка буола турар. Тэрээһин предпринимательство күнүгэр ананар.
Үс күн устата Хомсомуол болуоссатыгар түмсэн, оҕуруот олордуутугар, сири кытта үлэҕэ, үүнээйилэргэ араас маастар-кылаастар, уопут атастаһыыта буолар. Холобур бүгүн агроном-эколог Роман Григорьев, АГАТУ сотрудниктара Мария Лукина, Ирина Петрова, биология наукатын кандидата Екатерина Афанасьева сүбэлэри, консультациялары оҥороллор.
Тэрээһин ыам ыйын 27 — 28 күннэригэр салҕанан барар.
This post was published on 26.05.2023 12:01 12:01