Саха сирин баһылыга «Республиканское ипотечное агентство» АУо инвестиционнай бырайыактарын олоххо киллэриигэ мунньахтаата. РИА — өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай суолталаах бырайыактарга үлэлиир, олор ортолоругар «Звезднай» уонна «Спортивнай» микрооройуоннар бааллар.
«Звезднайга» балаҕан ыйыгар 112 МВт хочуолунай үлэҕэ киирэр. Маны сэргэ эппиэттээх тэрилтэлэр суолун, уопсастыбаннай-тырааныспар аһаҕас буоларын хааччыйарга этилиннэ.
Микрооройуоҥҥа 10 элбэх кыбартыыралаах дьиэ киирдэ, өссө сэттэ тутуллар. Социальнай эбийиэктэр — оскуола, каток, дьыссаат, инженернай ситим, суол оҥоһуллаллар. «Жилье и городская среда» национальнай бырайыагынан саҥа дьиэлэргэ саахалланар туруктаах дьиэттэн көспүттэр киирэллэр, ол иһигэр 17 кыбаарталтан.
17 кыбаарталга тутуллар «Спортивнай» микрооройуоҥҥа 9 тыһ кв м иэннээх элбэх кыбартыыралаах биир дьиэ тутуллар. Дьыссаат, спортсаала баар буолуоҕа.
This post was published on 16.07.2024 10:04 10:04