Дьокуускайга буолбут баһаарга саастаах киһи өлүгүн буллулар

Дьокуускайга Дзержинскай уулуссаҕа баһаар буолла, онуоха умулларан баран баһаарынайдар эр киһи өлүгүн буллулар. Ол туһунан атырдьах ыйын 9 күнүгэр Саха сирин прокуратурата иһитиннэрдэ.

Эр киһи 1949 сыл төрүөҕэ биллэр.

Санатан эттэххэ, атырдьах ыйын 5 күнүгэр Бүлүү оройуонун Чинэкэ нэһилиэгэр дьиэҕэ буолбут баһаарга күл быыһыттан 1964 с. төрүөх эр киһини булбуттара.

This post was published on 09.08.2023 09:10 09:10