Балаҕан ыйын 27 — 30 күннэригэр Дьокуускайга тирэхтээхтик сайдыыга анаммыт IV хотугу форум ыытыллар. 10 дойду кыттарга бэлэмин биллэрдэ.
Ол туһунан хотугу форум толорооччу дириэктэрэ Владимир Васильев эттэ, суруйар СИА ТАСС-ка сигэнэн. «Партнердар регистрациялара көхтөөхтүк ыытыллар. Барыллаан, уон дойду кыттара билиннэ, бастатан туран, АТР дойдулара», — диэтэ Васильев.
Форум чэрчитинэн, экспертэр энергетика, уопсастыба ESG-трансформациятын тустарынан кэпсэтиэхтэрэ. Бизнес уонна государство Арктика региона тирэхтээхтик сайдыытыгар сыалы ситиһиигэ оруолларын көрүөхтэрэ.
Хотугу форум 2019 сыллаахтан ыытыллар.
This post was published on 07.09.2022 15:32 15:32