Дьокуускайга булт лицензиятын ылыыга унньуктаах уочараты суох оҥорор баҕалаахтар

Дьокуускай куораттааҕы Дууматын дьокутааттара сокуону көҕүлээһин көмөтүнэн булт лицензияларын ылыыга уочараты суох оҥорор баҕалаахтар. Манна анаммыт “төгүрүк остуол” ыытылынна.


Сокуон барыла билигин туһанылла сылдьар “Булт уонна булт ресурсаларын харыстааһын туһунан” өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр, ити түмүгэр аныгы иһитиннэрэр технологиялар көмөлөрүнэн көҥүлү биэрии дьэҥкэ буолуоҕа уонна дьону уһун унньуктаах уочараттан босхолуоҕа.

“Уһун сыллар усталарыгар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо боломуочуйалаах уоргаҥҥа булка көҥүл ылаары сайабылыанньа биэрэллэрэ. Көҥүл ылар туһугар кинилэр ый инниттэн уочараттаан дьуһуурунайдыыллар. Билигин иһитиннэрэр технологиялар сайдан иһэллэр, үгүс судаарыстыбаннай өҥөлөр судаарыстыбаннай эбэтэр муниципальнай өҥөлөр порталларын нөҥүө бэриллэр”, — диэтэ Анатолий Васильев.

Сайаапка биэрээччилэр докумуоннарын почтанан, бэйэлэрэ эбэтэр дэбиэринэстээх бэрэстэбиитэлинэн тиксэрэр эбэтэр электроннай көрүҥүнэн ыытар кыахтаахтар.

Өскөтүн бэриллибит сайабылыанньа лимиити аһары бардаҕына, боломуочуйалаах уорган бу иннинээҕи сылга икки уонна онтон элбэх бөрөнү бултаабыт киһини болҕомтоҕо ылар, маныаха кинилэр биэрэр булт квоталара хас биирдии бултуур сиргэ олохтоммут 30% ордугу аһары барыа суохтаах диэн усулуобуйа оннунан хаалар.

Куорат Дууматын спикерэ Александр Саввинов сокуон барылын идеятын “төгүрүк остуолга” сүрүннээн өйөөбүттэрин туһунан эттэ.

This post was published on 29.03.2018 18:06 18:06