Бүгүн сарсыарда Дьокуускайга «Боотур» баҕа өттүнэн байыаннай анал дьаһалга кыттыбыт этэрээт байыастара кэллилэр. Кинилэри Ил Дархан Айсен Николаев аэропортка көрүстэ, суруйар СИА.
«Байыастар төрөөбүт дойдуларыгар кэлиилэрин көрсүбүппүттэн үөрдүм уонна кинилэринэн киэн тутуннум. Биһиги добровоецтарбыт соруктарын чиэстээхтик толордулар», — диэтэ регион баһылыга.
Байыаннай дьаһал кэмигэр этэрээт сүтүктээх. Аҕыс байыас охсуһуу толоонугар оҕутта. «Кинилэр тустарынан өйдөбүл биһиги өйбүтүгэр куруук баар буолуоҕа. Кинилэр дьиэ кэргэттэрин, аймахтарын соҕотохтуу хаалларыахпыт суоҕа, куруук болҕомтолоох буолуохпут», — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан төрөөбүт дойдуларыгар төннөн кэлбит доброволецтарга бары өттүнэн көмө оҥоһулларын иһитиннэрдэ.
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
This post was published on 02.11.2022 11:22 11:22