Дьокуускай куоракка балаҕан ыйын 24-27 күннэригэр урутаан сайдыы бэһис төгүлүн ыытыллар Хотугу форума буолуоҕа, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.
Бу тэрээһиҥҥэ учуонайдар, экология уонна климат эйгэтин экспертэрэ, судаарыстыбаннай деятеллэр итиэннэ Россия, Кытай, Индия, Белоруссия, Монголия, ОАЭ, Узбекистан, Камерун, Кения уонна Мали өрөспүүбүлүкэлэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар.
Форумҥа 60-ча экспертнэй былаһаакка үлэлиэҕэ. Кыттааччылар энергетика сайдыытын, ядернай, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаны, Арктика уонна Хотугу усулуобуйаҕа олоҕу-дьаһаҕы тупсарыы туһунан дьүүллэһиэхтэрэ.
This post was published on 20.09.2024 14:39 14:39