Ыам ыйын 25 күнүгэр 15 чаас 20 мүнүүтэҕэ Дьокуускайга 2022 сыллааҕы навигация арыллан, ПАО «ЛОРП» бастакы теплохода кэллэ, диэн СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс- сулууспата иһитиннэрдэ.
«СОТ- 1109» Киренскэйтэн муус устубутун кэннэ, ыам ыйын 14 күнүгэр айаннаабыта. Теплоход ыарахан усулуобуйаҕа айаннаан, муус барарын кэтэһэн 5 суукканы Витим оройуонугар турда. Билигин суудуна Жатайга баар.
«СОТ- 1109» теплоход экипаһа иккис сылын субуруччу өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар таһаҕаһы бастакынан аҕала диэн бэлиэтиэххэ наада.
Бүгүн табаары тиэрдэр теплоход үөрүүлээх көрсүһүүтэ буолуоҕа.
This post was published on 26.05.2022 14:03 14:03