Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын хас да эбийиэгэ РФ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин эбийиэктэрин судаарыстыбаннай биир кэлим реестригэр киллэрилиннэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин харыстыыр департамент иһитиннэрдэ.
Общественнай уонна политическай деятель Василий Никифоровка-Күлүмнүүргэ 2016 сыл күһүнүгэр Ярославскай аатынан уулуссаҕа Ил Түмэн дьиэтин иннигэр туруоруллубут пааматынньык РФ норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин эбийиэктэрин судаарыстыбаннай биир кэлим реестригэр туһааннаах департамент бирикээһинэн киллэрилиннэ.
Ону сэргэ реестиргэ Новопортовской уулуссаҕа баар Ленскэйдээҕи почта-пассажир пароходствотын төрүттээбит Николай Глотов, Аммосов аатынан уулуссаҕа туруоруллубут САССР судаарыстыбаннай уонна политическай деятелэ Степан Васильев, Чкалов аатынан уулуссаҕа арыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Валерий Чкалов, култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар оҥоһуллубут ССРС судаарыстыбаннай деятеля Михаил Калинин, Кулаковскай аатынан уулуссаҕа олохсутуллубут биллиилээх учуонай, профессор Георгий Башарин пааматынньыктара киллэрилиннилэр.
Хабаров аатынан уулусаҕа тэриллибит Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыбыт Дьокуускай куорат буойуттарыгар уонна тыыл үлэһиттэригэр анаммыт «Туймаада саллаата» мемориальнай комплекс эмиэ тустаах испииһэккэ сурулунна.
This post was published on 09.08.2017 10:59 10:59