Куоракка баар буруо Дьокуускай аэропордугар сөмөлүөттэр кэлэллэигэр көтөллөрүгэр сабыдыаллаабат. Аэропорт пресс-сулууспата иһитиннэрбиттэринэн, буруо быыһынан көстүү нуормаҕа сөп түбэһэр.
«Билигин көстүү- 2400 миэтэрэҕэ тэҥнэһэр, онон салгын суудуналара көтөр-түһэр кыахтаахтар. Хас да ис рейстэргэ тардылык баар эрээри, бу анараа аэропортарга күн-дьыл туругун кытары сибээстээх»,-диэн пресс-сулууспаҕа эттилэр.
Дьокуускайга кэлбит буруо Уус-Маайа оройуонугар уонна Хабаровскай кыраайга буола турар баһаары кытта сибээстээх. Буруо нэдиэлэ бүтүүтэ тыал хайысхата уларыйдаҕына ааһыаҕа. Саха сиригэр баһаар үксэ Уус-Маайа, Алдан уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар баар, манна быйыл кураан уонна итии күн-дьыл турбута. бэлиэтэммит.
This post was published on 10.08.2023 12:01 12:01