Дьокуускайга баһаар түмүгэр эчэйиини ылбыт биэс саастаах оҕо өллө

Оптуорунньукка, от ыйын 25 күнүгэр, Дьокуускайга Лермонтов уулуссатыгар 16 этээстээх дьиэ кыбартыыратыгар баһаар буолбута. Ол түмүгэр биэс саастаах оҕо ыарахан эчэйиини ылан реанимацияҕа киирэн баран өрүттүбэтэ.

Санатан эттэххэ, баһаар 15 этээскэ, балкоҥҥа бөх умайбытын түмүгэр тахсыбыта. Регионнааҕы ЫБМ иһитиннэрбитинэн, баһаарга улахан киһи уонна оҕо эмсэҕэлээбит.

This post was published on 26.07.2023 17:45 17:45