Дьокуускайга Бүлүүлүүр айан суолугар, 3 км («Туймаада-Нефть» АЗС) суол быраабылатын кэһиини хатыыр хаартыска-видео оҥорор камера туруорулунна.
«Систиэмэ быһылаан тахсыытын сэрэтэр уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай оскуола-интернат оройуонугар уонна сатыы дьоҥҥо куттала суох айаны хааччыйар сыаллаах туруорулунна. Камера суоппардар дьиссипилиинэлэрин үрдэтэр, онон саахал тахсыытын аҕыйатар» — СӨ суолларын управлениетын отделын начаалынньыга Лена Чемезова эттэ.
Маннык үлэ «Безопасные качественные дороги» нацбырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
This post was published on 27.03.2024 16:01 16:01