Дьокуускайга бөҕү харайар полигону тутуу бастакы түһүмэҕэ 99 % бэлэм буолла, Саха сирэ суруйар. Бу туһунан СӨ ОДьКХ уонна энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Кытаанах хомунаалынай тобоҕу харайыыга эрэгийиэннээҕи бырайыагынан Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар бөҕү харайар полигон тутуллар. Эбийиэк кыамтата бырайыак быһыытынан сылга 132 тыһ. туонна бөҕү харайыахтаах диэн иһитиннэриигэ суруллар.
Оттон полигону икки түһүмэҕинэн тутан үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Билиҥҥи туругунан, бастакы түһүмэх түмүктэнэн эрэр, 99 % бэлэм. Ол кэнниттэн наадалаах докумуоннарын оҥорууга үлэ ыытыллыахтаах. Маны тэҥинэн, бөҕү наардыыр ыстаансыйа тутуллар. Бу ыстаансыйаны 2024 сыл бүтүүтүгэр тутан бүтэрэр былааннаахтар.
Саха сирэ
This post was published on 10.10.2023 15:36 15:36