Дьокуускайга бөх мунньар сиргэ кэтээн көрөр видеокамералары ууруохтара

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга кытаанах бөҕү мунньар сирдэргэ вандаллары кэтээн көрөр видеокамералары ууруохтара.

Камера көмөтүнэн бөҕү уурар, тоҕор дьон кэһиилэрин көрүөхтэрэ, оператор бөҕү тиэйиитин-таһыытын хонтуруоллуохтара, бэйдиэ ыттары булуохтара.

This post was published on 19.02.2024 14:25 14:25