“Сэргэлээх уоттара” Култуура Киинигэр “Өбүгэ тыына — аҕабар” улахан кэнсиэри Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын балет артыыһа, үҥкүү туруорааччы, СӨ култууратын туйгуна Дьулустаан Харлампьев аҕатын Саха сиригэр биллибит хореограф, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха судаарыстыбаннай Үҥкүү бөлөҕүн бастакы кэккэ үҥкүүһүтэ, Кэбээйи улууһун үҥкүүтүн уһуйааччыта, “Тэлээрис” үҥкүү бөлөх төрүттээччитэ уонна салайааччыта, бу улууска үҥкүүнү үрдүк чыпчаалга таһаарбыт Дмитрий Григорьевич Харлампьев сырдык аатын уонна айар үлэтин үйэтитэр улахан кэнсиэр буолан ааста. Бу бэлиэ, өйдөбүннүк күн Дьулустаан биир идэлээхтэрэ, тыйаатыр үҥкүүһүт уолаттара — доҕотторо Дьулустааны өйөөн “Умсан”, “Булчуттар”, “Архар” диэн Дьулустаан туруорбут үҥкүүлэрин ис истэриттэн күүрэн, турукка киирэн, дууһаларын ууран туран, кытаанах, күүстээх хамсаныыны көрдөрдүлэр.
Дмитрий Григорьевич Харлампьевы мин аан бастаан балаҕан ыйын 5 күнүгэр 1983 с. Каландарашвили 2 нүөмэрдээх эргэ Саха тыйаатыр (билиҥҥитэ реставрацияҕа турар Свято-Троицкай собор) дьиэтигэр балетнай саалаҕа Саха судаарыстыбыннай үҥкүү бөлөҕөр балет артыыһынан үлэҕэ киирбит күммэр көрбүтүм. Дмитрий уһун, көнө уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах, олуһун кыанар, сырдык эдэр киһи наһаа кыһаллан дьарыктанара. Ленинград курдук куоракка хореографическай училищеҕа аҕыйах сыл үөрэммитэ биллэрэ. Кини туох баар үҥкүүлэргэ инники күөҥҥэ сылдьара. Ол кэмҥэ үҥкүү бөлөҕө наһаа элбэхтэ гостуруоллуура, соҕуруунан-хотунан, илиҥинэн-арҕаанан. Госконцерт, Союзконцерт былааныгар киирэн сылын ахсын өрөспүүбүлүкэ эрэ иһинэн буолбакка Кавказ, Дальнай Восток, Поволжье, Илин уонна Арҕаа Сибиир, Подмосковье, Краснодарскай кыраай, Украина куораттарынан гостуруол айана элбэх этэ. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх сылларыгар Москуба саамай улахан сценаларыгар – Арассыыйа кэнсиэр саалатыгар, П.И.Чайковскай аатынан саалаҕа, Кремль съезтарын дыбарыаһыгар гала-кэнсиэртэргэ үҥкүүтүн бөлөҕүн кытары ситиһиилээхтик кыттыбыта. Дмитрий Аан дойдутааҕы “Человек и его мир” – Монреаль, Канада, 1981, Аан дойдутааҕы ЭКСПО–84 – Бухарест, Румыния, 1984, Лейпцигскай ярмаркаҕа – Берлин, Карл-Маркс-Штадт, Дрезден, Лейпциг – 1985, Саха сирин литэрэтиирэтин уонна ускуустубатын күннэрэ Монголияҕа — 1985, «Игры Доброй воли» Москубаҕа спорт улахан күрэхтэһиитигэр – 1986 култуурнай бырагырааммалыгар үрдүк таһымнаахтык кыттыбыта.
Дмитрий Григорьевич Саха судаарыстыбыннай Үҥкүү бөлөҕөр бэйэтин аҥарын Александра Николаевнаны көрсөн, харах харахтарынан сөбүлэһэн, таптаһан, уруу тэрийэн, ыал буолбуттара. Александра кыра кэмҥэ үҥкүүлүү сылдьыбыта, онтон көстүмүөр үлэтигэр көспүтэ. Ити кэмҥэ куоракка дьиэ-уот суох кыһалҕата сытыытык турара. Инньэ гынан Харлампьевтар толкуйдаан баран 1986 с. Дмитрий Григорьевич төрөөбүт түөлбэтигэр, Кэбээйигэ көспүттэрэ. Онно тиийэн “Тэлээрис” үҥкүү бөлөҕүн тэрийбиттэрэ, Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар оҕолору үҥкүүгэ уһуйан барбыттара. Дьулустаан эмиэ дьонун аттыгар сылдьан, үҥкүүгэ уһарыллыбыта. Онон оскуоланы бүтэрээт Култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр үҥкүү салаатыгар киирэн ситиһиилээхтик бүтэрэн, 2005 с. балет артыыһынан Үҥкүү тыйаатырыгар үлэҕэ киирбитэ. Билигин Дьулустаан ийэтин Александра Николаевна, аҕатын Дмитрий Григорьевич суолларын батыһан, туйахтарын хатаран, айар үлэ үөһүгэр сылдьар ыччат. Кэргэнэ Юлиана Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдаргар үҥкүүһүтүнэн үлэлиир. Ол иһин бары өттүттэн үҥкүү кэрэ абылаҥар ылларбыт Харлампьевтар дьиэ кэргэн аҕаларын сырдык аатыгар анаан, киһи сөҕө-махтайа көрөр үҥкүү түһүлгэтин тэрийэн ыыппыттара махталлаах, кэрэхсибиллээх, кэскиллээх суол.
Дьулустаан хас да сыл устата улахан спорт күрэхтэһиилэрин, Туймаада уонна Олоҥхо ыһыахтарын аһыы уонна сабыы сиэрин-туомугар үҥкүү туруорааччы, режиссер быһыытынан элбэхтик үлэлиир, айар куттаах дьону, үгүс элбэх үҥкүү кэлэктииптэрин кытары алтыһар. Онон сиэттэрэн кини бу кэнсиэркэ элбэх бииртэн биир биллиилээх уонна саҥа тэриллибит үҥкүү кэлэктииптэрин кытыннарда – “Бриллианты Якутии» — салайааччылар Афанасий уонна Зоя Соловьёвтар, “Кыталык бөлөх” – сал. Василий Винокуров, “Ситим” бөлөх – Надежда Попова, “Уран” бөлөх – Ньургун Индеев. Маны тэҥэ Кэбээйиттэн “Тэлээрис” үҥкүү бөлөҕө – салайааччылар Александра Харлампьева, Валентина Лугинова уонна Дьулустаан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай унивеситет иһинэн аспыт “Умсан” үҥкүү бөлөҕө. Үҥкүүһүттэр таһымнара үрдүгэ, туттуулара-хаптыылара ис киирбэҕэ, таҥастара-саптара кэрэтэ, муусуката, эдэрдэрэ, эрчимнэрэ, кыраһыабайдара киһини эрэ сөхтөрөр. Өссө “Өбүгэ тыына-аҕабар” улахан кэнсиэркэ эр бэрдэр, ыал аҕалара, биллиилээх ырыаһыттар этэн-тыынан, ыллаан-туойан, кэнсиэр таһымын өссө өрө таһаардылар, тупсардылар – Кэскил Баишев, Аскалон Павлов, Аман Винокуров-Туналхан, Василий Новоприезжай, Күндэл, Эрхаан Николаев уонна Лэгэнтэй.
Кинсиэр түмүгэр Дьулустаан быраатынаан Ньургуннуун уонна “Уолан” ырыа бөлөҕүн кытары “Аҕам миэнэ аттыбар” диэн ырыаны толороннор көрөөччүлэр махталларын ылыан ыллылар. Дмитрий Григорьевич уолаттарын Дьулустааны уонна Ньургуну туох баар тыа ыалын иһирдьэ-таһырдьа эр киһи үлэтигэр үөрэппитэ, булка-алка, балыктыырга илдьэ сылдьыбыта, бииргэ оттууллара, сир астыыллара, сылгыларын көрөллөрө-истэллэрэ, саастаах, кырдьаҕас дьоҥҥо, оҕолорго үтүө сыһыаннара эттэригэр-сииннэригэр иҥмитэ биллэр.
Аҕа…Аҕа баһылык…Аҕа уус…Аҕа дойду…Аҕа – удьуору ууһатааччы, кэскили кэҥэтээччи, төлкөнү түстээччи! Аҕа – Аан дойдуну тутан турар баараҕай баҕана! Аҕа – сир ийэ эргийэр киинэ! Аҕа – Аан дойду тулхадыйбат тулааһына! – диэн дириҥ ис хоһоонноох тыллары кэнсиэри илээн-саҕалаан ыыппыт Алексей Константинов үрдүк сценаттан өрө көтөҕүллэн туран эппитигэр көрөөччүлэр сөбүлэҥнэрин биллэрэн бары ытыстара кытарыар дылы таһыннылар.
Бүтэһигэр улахан кэнсиэр кыттыылаахтара бары мустан хаартыскаҕа түстүлэр.
Ааптар: Вера Черноградская