Дьокуускайга «МАМОНТёнок-2024» бэстибээл чэрчитинэн ураты цирковой перформанс буолуоҕа. «Талое» күөл үрдүнэн тардыллыбыт канаатынан циркач туох да «страховката» суох хаамыаҕа.
Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай циркэ салайаачыта Сергей Расторгуев эппитинэн, күөлтэн канат тардыллыбыт үрдүгэ 4–5 м.
«Куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын ыҥырабыт биһиги ураты перформанспытыгар. Биһиги аан бастаан манныгы аһаҕас сиргэ тэрийэбит. Бу киэһэ циркэ артыыстара күөл муостатыгар араас нүөмэрдэри көрдөрүөхтэрэ», — диэтэ Сергей Расторгуев.
Тэрээһин бүгүн, от ыйын 4 күнүгэр, киэһэ 20:00 чаастан буолара күүтүллэр
Санаттахха, Саха сиригэр «МАМОНТёнок-2024» VII цииркэ бэстибээлэ буолла.
This post was published on 04.07.2024 11:01 11:01