4 Ахсынньы 04.12
  • -27°
  • $ 106,19
  • 112,02

Дьокуускайга археологическай хаһыы кэмигэр былыргы туос грамоталары буллулар

_Хаартыска: ЯСИА саайтыттан
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускайга харыстанар археологическай хаһыылар кэмнэригэр тоҕус туос грамотаны буллулар. Бу сенсационнай уонна ураты булумньу наука уонна култуура өттүттэн сыаналаах федеральнай таһымнаах, диэн суруйда телеграм -ханаалыгар Ил Дархан Айсен Николаев.

«Уһук Илиҥҥэ бастакы ураты булумньуну Киров куораттан устудьуон Виталий Татаринов булла. Бүгүҥҥү күҥҥэ тоҕус туос грамота булулунна. Саха сирин грамоталара XVII үйэ суругунан чэриниилэнэн суруллубуттар. Археологтар барыллаан быһааралларынан, грамоталар 1700 сыллаахха буолбут баһаарга суох оҥоһуллубут воевода канцеляриятын архыыбыгар сыһыаннаахтар. Билигин грамота бастакы фрагменын аахтылар, онно дьаһаах хомуурун туһунан суруллар. Билигин сүрүн сорук — грамоталары хайдах баарынан харыстаан хаалларыы», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Айсен Николаев маннык история ураты событиетыгар кыттыбыт дьоҥҥо махталын биллэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА