«Азия оҕолоро» норуоттар ардыларынааҕы кэмитиэт президенэ Владимир Максимов бэлиэтээбитинэн, Оонньуулар выпускниктара эдэр спортсменнарга көмөлөһөллөр.
«Улахан үлэ ыытыллар. Выпускниктары Оонньууларга көмөлөһүннэриигэ былааннаахпыт, эрэлбит улахан. Тоҕо диэтэххэ, билигин кинилэр түмсүүлэриттэн элбэх оҥоһуллар. Көрсүһүүгэ үөрбүттэрин биллэрдилэр. Бу оҕону спортка аҕалыыга, араас тас дойдуларга оҕо спордун сайдыытыгар син-биир кыаҕы биэрэр. Бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүөхтэрэ, хардарыта уопут атастаһыахтара миэстэтигэр тиийэн, маастар кылаастары ыытыахтара. Онно анаан Холбоһук тэрилиннэ. Бырайыак туһунан выпускниктартан ордук ким кэпсиэ этэй?!», — диэтэ Владимир Максимов.
Сакши Малик, «Азия оҕолоро» IV оонньуулар чемпионкалара, Рио-де-Жанейротааҕы Олимпиада көҥүл тустууга боруонса призера Оонньуулар тустарынан истиҥник ахтар.
«2008 сыллаахха Дьокуускайга «Азия оҕолоругар» кыттыбытым. Онно мин кыһыл көмүс мэтээли ылбытым, үөрүү, долгуйуу. Оччолорго 16 саастааҕым, Дьокуускайга бастакы кэлиим этэ. Олох умнубаппын. Улахан дьикти уопут ылбытым. Киэһэ 22:30 чааска уһугуннум, түннүгү арыйан көрбүтүм, сып-сырдык, күнүс курдук. Оонньуулар наһаа үчүгэйдик ааспыттара, кыайыым бэйэбин ылынарбар көмөлөспүтэ, эрэллээх буолбутум. Ол кэнниттэн Олимпийскай оонньууларга боруонса мэтээл ылбытым уонна да атын наҕараада элбэх. Билигин миэхэ 50 — 60 мэтээллээхпин араас боруобалаах. Онон «Азия оҕолоро» миэхэ үчүгэй уопуту биэрбиттэрэ», — диэтэ спортсменка.
Эрдэ ЯСИА «Азия оҕолорун» выпускнига Даниил Марков харбааһыҥҥа маастар-кылаас ыыппытын туһунан суруйбута.
This post was published on 02.07.2024 12:01 12:01