Дьокуускайга «Аптаах дорҕоон» Саҥа дьыллааҕы киинэ сабыылаах көрдөрүүтэ буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга «Лена» киинэ тыйаатырыгар Александр Лукин уонна Алексей Амбросьев «Аптаах дорҕоон» саҥа дьыллааҕы художественнай киинэлэрин сабыылаах көрдөрүүлэрэ буолла.

Сюжет быһыытынан, музыка үрдүкү оскуолатын үөрэнээччилэрэ Туйаара, Ньургун уонна Айтал саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга буурҕаттан сылтаан дьиэлэригэр барбаттар, интернакка хаалаллар. Оҕолор дьиктилээх кырыымпаны буланнар, таайтарыылаах колдуну уһугуннараллар.

Эдэр оҕолор куһаҕан тыыны кытта охсуһуулара саҕаланар. Көмөлөһөөччүлэрэ — музыка. 6-тан үөһэ саастаах көрөөччүгэ ананар уонна 1 чаас 10 мүнүүтэ уһуннук бэриллэр.

Сүрүн оруолларга оонньоотулар Виктор Семенов, Айсен Местников, Дайаана Тимофеева. Биллэр иллюзионист Алексей Гольдеров Айха колдуну толордо.

«Аптаах дорҕоон» – бу олус сырдык остуоруйа. Саҥа дьыл иннинээҕи алыптаах көстүү, — диэн киинэ пиар-продюсера Яна Байгожаева кэпсээтэ.

ЯСИА-ҕа продюсер Евгений Пивоваров эппитинэн, киинэ музыка үрдүкү оскуолатын өйөбүлүнэн уһулунна, былаһааккалары биэрэн, музыкальнай инструменнары уларсан, музыканан дьарыктанар оҕолору билиһиннэрэн. Киинэ сүрүн соруга — ыччаты классическай музыкаҕа сыһыарыы.

Хаартыска: Нарыйа Пахомова/ЯСИА

This post was published on 10.12.2024 10:02 10:02