Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырыгар улахан оҕо бырааһынньыга буолла. Ырыаһыт уонна хомусчут Василена Шарина-Улан тапталлаах ийэтинээн Марфа Николаевна Шариналыын “Алыптаах Хомус” диэн суруйан, айан таһаарбыт кинигэлэрин матыыбынан оҕо испэктээгэ күн сирин көрдө, сүрэхтэннэ.
Айар куттаах Василена Шарина икки улуустан төрүттээхтээх. Ийэтэ Марфа Николаевна – Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕаната, аҕата – Иван Александрович Орто Халыма Сыбаатай сэлиэнньэтиттэн сылдар. Марфа Николаевна оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн сиэтэ сылдьан кэрэҕэ уһуйбут, такайбыт, ырыаҕа-хомуска, үҥкүүгэ-битиигэ дьарыктаппыт. Сценаҕа ыллыыр-туойар таҥастарын-саптарын көмүс тарбахтарынан бэйэтэ толкуйдаан, уруһуйдаан, тигитэлээн, киэргэппит, таҥыннарбыт. Билигин даҕаны эмиэ иистэнэн оҕолоругар, аны сиэннэригэр улахан көмөлөөх. Марфа Николаевна талаанын кыыма оҕолоругар бэриллэн, Василена үҥкүү тыйаатырыгар ырыаһытынан, хомусчутунан үлэлээбитэ номнуо уонтан тахса сыл буолла. Быраата Николай хор филармонията аһыллыаҕыттан, хор артыыһынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
Испэктээк ис хоһооно: Арай биирдэ бу орто туруу бараан дойдуга биир ыал — Сырдыкчаана тапталлаах кэргэнинээн Болуйалыын бур-бур буруо таһааран, бэрт иллээхтик-эйэлээхтик таптаһан олорбуттар. Олорбуттара балачча өр буолбут даҕаны оҕоломмотохтор. Биир үтүө-мааны күн Болуйа көмүлүөк оһоҕун оттон, Сырдыкчаанатын ыҥыран, Үөһээ айыылартан кыыс оҕону иккиэн көрдөспүттэр. Биир сарсыарда Сырдыкчаана уһуктубута кинилэр балаҕаннарыгар халлаантан туох эрэ кып-кылабачыгас, наһаа дьэрэкээн, хас эмэ өҥнөөх көтөн иһэр эбит, кинилэргэ чугаһаатар чугаһаан испит. Сырдыкчаана соһуйан олоро түспүт, Болуйатын уһугуннара охсубут. Таһырдьа сүүрэн тахсыбыттара олбуордарын иһигэр уп-уһун саһархайдыҥы сып-сырдык баттаахтаах, муус маҥан сирэйдээх, дьэдьэн курдук дьүһүннээх уостаах кыыс оҕо турар эбит. «Ийээ, аҕаа”, — диэбит да төрөппүттэрин кууһан ылбыт. Болуйалаах Сырдыкчаана олус үөрбүттэр, кыыстарын дьиэлэригэр киллэрэн, маанылаабыттар. Күн-дьыл элэгэлдьийэн ааһан испит, Кустукчаана улааппыт. Олус сүрэхтээх, түргэн-тарҕан туттуулаах, сыыдам сырыылаах, элэккэй, аһыныгас эбит. Биирдэ ынахтарын хомуйа барбыт, суолу биир гына өссө дьэдьэннээбит. Арай кинини ким эрэ ыҥырар эбит. Сүүрэн тиийэн көрбүтэ биир кырдьаҕас оҕонньор сытар эбит. Кини бу орто дойдуга улахан ыарыы турбутун кэпсээбит уонна эн, Кустукчаана, алыптаах күүһү булан бар дьоҥҥун-сэргэҕин быыһыаҥ, улахан ыарыыны кыайыаҥ диэбит. Дьэ, ити күн Сырдыкчаана уһун айаҥҥа турбут. Кини Үөһээ дойду айыыларын көрсөн, кинилэр сорудахтарын толорон, сэттэ тааһы биэрбиттэрин ылан, барыларын хомуйан, баҕа санаатын эппитигэр Үөһээ айыылар алыптаах хомуһу бэлэхтииллэр. Ол хомус көмөтүнэн Кустукчаана бар дьонун эмтээн, улахан ыарыыны кыйдаан, кыайан орто дойдуга нус-хас олох олохтонор, дьол-соргу түстэнэр.
Испэктээк режиссера – СӨ култууратын туйгуна Розалия Тартакинова, видеоконтены СӨ култууратын туйгуна Анюта Иванова көрдөрдө, звукорежиссер — СӨ култууратын туйгуна Алексей Спиридонов.
Сүрүн оруоллары толордулар: Кустукчаана – Аан дойдутааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэр лауреата Василена Шарина-Улан, Кэпсээнньит – СӨ норуодунай, Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев, Аарыма кырдьаҕас — СӨ норуодунай, Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Афанасьев, Дьөһөгөй Айыы уонна Хотой Айыы – Аан дойдутааҕы күрэх дипломана – Александр Карманов, Сырдыкчаана — СӨ култууратын туйгуна Саргылана Тарабукина, Болуйа – СӨ үтүөлээх артыыһа Юрий Зубков.
Испэктээк тыыннаах доҕуһуолунан барда. “J՚OL» аныгылыы хайысхалаах муусука бөлөҕө, салайааччы СӨ култууратын туйгуна Дмитрий Винокуров.
Испэктээккэ “Бриллианты Якутии” оҕо холобурга сылдьар үҥкүүтүн бөлөҕө кытынна – салайааччылар Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Соловьев уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Зоя Соловьева.
Киирии билиэтинэн Василена тимир ууһа Феликс Комиссаров чочуйан оҥорбут хомуһун оонньотто. Кыайылааҕынан Василена хомуска үөрэппит үөрэнээччитэ, эдэр ийэ кыракый уолунаан Сашалыын сценаҕа сүүрэн тахсан, хомустарын ытыс тыаһа доҕуһуолунан Василенаттан ыллылар.
Испэктээк кэнниттэн көрөөччүлэри кытары кэпсэттим.
Туйаара, эдэр ийэ кыыһынаан: «Мин бу Үҥкүү тыйаатырын оҕоҕо туруоруллубут испэктээктэрин наһаа сөбүлүү кыыспынаан көрөбүт. Соторутааҕыта Бэйбэрикээн эмээхсин туһунан үҥкүүнэн дьүһүйүллүбүт испэктээги эмиэ көрбүппүт. Василена барахсан наһаа да үчүгэй кинигэни айбыт ийэтинээн. Маладьыастар. Уонна ити Соловьевтар оҕолоро наһаа киэргэттилэр. Таҥастара-саптара, тутта-хапта сылдьаллара, кыраһыабай үҥкүүлэрэ, отой дьиҥнээх артыыстар”.
Галина Сергеевна, биэнсийэлээх эбээ, икки сиэнинээн: “Оҕолорум билиэт бэлэхтээтилэр, сиэннэрбин кытары таксинан кэллибит. Наһаа да үчүгэй испэктээк. Сценаны наһаа кыраһыабайдык киэргэппиттэр, Василена наһаа да ис киирбэхтик оонньуур, ыллыыр, үҥкүүлүүр, оһуокай да таһаарар, хомус да тыаһатар. Кыахтаах, инникилээх кыыс. Дмитрий Артемьев уоннна Афанасий Афанасьев киэн туттар артыыстарбыт аны драманы баһылаабыттар. Хайҕабыллаах дьыала. Талааннаах да артыыстар. Барыта орун орунугар сөпкө көрдөрдүлэр. Үҥкүүһүт оҕолор муусуканан хамсаммыттара хатыламмат кэрэ көстүү. Биир дойдулаахпар Зоя Михайловнаҕа уонна холоонноох доҕоругар Афанасий Афанасьевичка улахан эҕэрдэ уонна махтал. Барыта этэҥҥэ наар буоллун».
Марина Петровна, эдэр икки оҕолоох ийэ: “Мин бу испэктээк буоларын куйаар ситиминэн билбитим. Дэлби астынныбыт. Василенаны ийэтинээн эҕэрдэлиибит. Кинигэлэрин атыылаһыахпыт. Барытын сөбүлээтим. Режиссер Розалия Тартакиноваҕа махтал. Бэртээхэй хамаанда муһан, бэртээхэй оҕо испэктээгин таһаарбыт. Испэктээк премьератынан эҕэрдэлиибин”.
“Алыптаах Хомус” испэктээк сүрэхтэммитинэн бары туруорууга кыттыгастаах үлэһиттэри, кыттыбыт артыыстары эҕэрдэлиибит уонна айар үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт, суруйда СИА-ҕа Вера Черноградская.
This post was published on 11.05.2023 14:01 14:01