Алтынньы 28 уонна 29 күннэригэр Дьокуускайга дьоҕус ырыынакка үгэс буолбут «Саха сирин балыга» дьаарбаҥка ыытыллыаҕа.
Манна бэйэ бородууксуйаларын Арктика оройуоннара бары кэриэтэ атыылыахтара. Сибиэһэй балык бородууксуйатын таһынан, куорат олохтоохторо быйылгы идэһэ сүөһү, сылгы уонна таба этин ылыахтарын син. Ону сэргэ, олохтоох үүт табаардар, арыы, мүөт, барыанньа атыыланыаҕа.
Маны таһынан, дьаарбаҥка ыалдьыттарын араас аһынан күндүлүөхтэрэ, үгэс буолбут «Полевая уха» ыытыллыаҕа, балыгы ыраастааһыҥҥа кыһааһыҥҥа маастар-кылаас буолуоҕа.
This post was published on 26.10.2023 17:45 17:45